bannerbannerbanner
Название книги:

Арсен Томскай. Үрдүккэ дьулус, санаабыккын ситис

Автор:
О. Н. Манчурина
Арсен Томскай. Үрдүккэ дьулус, санаабыккын ситис

000

ОтложитьЧитал

Шрифт:
-100%+

АРСЕН ТОМСКАЙ ДИЭН КИМИЙ?

IT эйгэтигэр сахалартан бастакы урбаанньыт. Аан дойдуга биллэр «Синет» уонна «Индрайвер» тэрилтэлэри төрүттээбитэ. Интернет көмөтүнэн үлэлиир программа, сыһыарыы айан, элбэх дьон туһанарыгар анаан оҥорбута.

«inDriver» такситынан айаннаабыккыт эбэтэр «Ykt.ru» порталга киирэн сонуннары аахпыккыт, көрбүккүт буолуо. Бу сайты, сыһыарыыны Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Россия уонна аан дойду үрдүнэн билэллэр, туһаналлар. Онон үгүс дьоҥҥо көмөлөһөн, олохторун чэпчэтэллэр.

Саха сиригэр аан бастаан компьютердар саҥа үөдүйэн эрэр кэмнэригэр Арсен үлэтин программист быһыытынан саҕалаабыта. Ол кэннэ туспа тэрилтэ тэринэн үлэлэппитэ. Саҥа технология үйэтэ сайдыа диэн эрдэттэн сэрэйбитэ, ити хайысхаҕа элбэҕи үөрэппитэ, билбитэ.

Саха сирэ ыраах сытар уонна олус тымныы. Ол да буоллар, Арсен Томскай ыраах, кыракый да куоракка олорон аан дойдуга биллэр сүдү хампаанньаны тэрийэн, дьон санаатын уларытта. Ханнык баҕарар оҕо, ыччат ханна олороруттан, ханнык оскуолаҕа үөрэнэриттэн тутулуга суох ситиһиилээх буолуон сөп диэн көрдөрдө.

«Киһи бэйэтин бары өттүнэн сайыннардаҕына аан дойдуну үтүө өттүгэр уларытыан сөп. Саха сирин хас биирдии оҕото үөрэнэн, үтүөҕэ тардыһан кыаҕын арыйдаҕына ситиһиилээх, норуотугар туһалаах буолуо диэн итэҕэйэбин».

АРСЕН ТОМСКАЙ ТУhУНАН ЧАХЧЫЛАР

Оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэммитэ. Төрөппүттэрэ науканан дьарыктанар буолан, ордук үөрэххэ, билиигэ олус тардыһара.

Дьиэтигэр наукаҕа сыһыаннаах элбэх тустаах литература, кинигэ баара уонна сурунаал суруталлара.

12 сааһын туолуута Арсен нуучча, омук классик суруйааччыларын – Александр Дюматтан саҕалаан Жюль Верн, Чарльз Диккенс, Франсуа Рабле айымньыларыгар тиийэ аахпыта.

Кыра эрдэҕиттэн дьоҥҥо көмөлөһөрүн ордороро. Биирдэ 3 солкуобайы булан баран (оччолорго элбэх харчы), кылааһын оҕолорун барыларын маҕаһыыҥҥа илдьэн маактаах буулка уонна үүт атыылаһан күндүлээбитэ.

Биирдэ төрөөбүт күнүгэр киниэхэ ыраахтан салайыллар вездеход бэлэхтээбиттэрэ. Ол саҕана оннук оонньуур күндү, аҕыйах буолара. Хайдах айанныырын, салайылларын билэн, бэйэтигэр улахан арыйыы оҥорбута. Ити күнтэн программа оҥорорго интэриэс үөскээбитэ.

Хаһыаттан, кинигэттэн компьютер уонна программа оҥорор суруйуулары булан аахпыта.

12 сааһыттан дэриэбинэҕэ хаппыыста сыыс отун ыраастааһыҥҥа үлэлээбитэ. Манна аан бастаан эт илиинэн үлэ диэн хайдаҕын билбитэ, сыраны-сылбаны ууран ылбыт харчы хайдахтаах курдук күндүтүн өйдөөбүтэ.

Тохсус кылаас кэнниттэн СГУ иһинэн үлэлиир физико-математическай оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. Манна куорат үрдүнэн соҕотох компьютер кылааһа баара. Арсен компьютер иннигэр аан бастаан олорбут түгэнин хаһан да умнубат.

Арсен түөрт сааһыттан кэлэҕэйдиир буолбута. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр онтон олус эрэйдэнэр этэ. Саамай сүрүнэ, итини билигин болҕомтоҕо уурбат, кыбыстыбат.

Үгүс толкуй кэнниттэн саҥа саҕахтары арыйарга быһаарыммыта. Кыахтаах, өйдөөх ыччат өрөспүүбүлүкэбитигэр хаалан үлэлээтэҕинэ эрэ сайдыахпыт диэн, ити суолунан күүстээхтик ылсарга туруммута.


Издательство:
Айар